Баараҕай Бахсы: Саха итэҕэлин Илэ үөскүөҕэ...
Олох, айылгы, дьылҕа, итэҕэл тула Баараҕай Бахсыны кытта сэһэргэһии.
Олох нүһэр ыараханын
Олох тыыннаах сүксүгүн,
Эдэр санным уйарынан
Эдэрбиттэн сүкпүтүм.
Ол мин тутах кыра күүспэр
Балай эмэ сүгэһэр-
Сылын аайы ыараан истэ
Мин нүксүгүр көхсүбэр.
Умса баттыыр ол ботуоҥкам
Күнүүһүт дьон хараҕар
Үөһэ көтөр кынат буолан
Көстөр эбит бадаҕа.
Ордук саныыр ол урдустар
Суолбун ааҕа суоллууллар,
Сур бөрө үөрүн курдуктар,
Салаакка сойуолууллар.
Оо, мин күө-дьаа иһэбин,
Ону ол диэбэккэбин,
Үйэм уурбут сүгэһэрин
Оломмор тиэрдээрибин.
1977, “Сүгэһэр“, Семён Данилов
“Уран Толкуй“ каналга суруттар, толкуй тобуллар эйгэтин таба тайан
Ыытааччы-Марина Пономарева
Устуу, таҥан таһаарыы- Дмитрий Ляшеев
Биэриини өйөөтө