Амма бэтэрээннэрин уйгулаах ыһыаҕар🌿🌿🌿
Амма нэһилиэгин бэтэрээннэрин уйгулаах ыһыаҕар ырыа-тойук ылланна, үҥкүү-битии дьиэрэйдэ
Бүгүн Амма сынньалаҥ пааркатыгар Амма нэһилиэгин ытык-мааны олохтоохторо үтүө үгэскэ кубулуйбут уйгу-тунах ыһыахха мустан ыллаан-туойан, оонньоон-көрүлээн, эдэр саастарын ахтан-санаан үөрэн-көтөн аастылар. Амма нэһилиэгин бэтэрээннэрин уйгулаах ыһыаҕа Амма улууһун бастакы кулубата Афанасий Рязанскай төрөөбүтэ 150 сылыгар ананна. Ыһыахха Бөтүҥ, Алтан, Соморсун, Болугур нэһилиэктэриттэн анаан-минээн кэлэн ыалдьыттаатылар, ыһыах түһүлгэтин киэргэттилэр.
Төһө да өҥөрүк куйаас күн турдар хатыҥ чараҥ тулалаах “Дорҕоон“ түһүлгэ бүччүм миэстэтигэр сөрүүн тыал илгийдэ, мүөттээх салгын дыргыйда. Маныаха айылҕаттан айдарыылаах алгысчыт Мария Бурцева турукка киирэн ис-иһиттэн аһыллан алгыстаан истиҥ-иһирэх эйгэни олохтоото. Аал уоту оттон үтүөнү баҕаран бар дьону түптэ торҕо буруотунан ыраастаан, арчылаан, дьэ, чахчы алгыс баһа сыаланна!
Ыһыах үөрүүлээх аһыллыытыгар Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев, Амма улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Захарова, Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Петр Кулаковскай уонна Амма улууһун Үһүс көлүөнэ оскуолатын салайааччыта,
Амма нэһилиэгин бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Наталья Дьячковская эҕэрдэлээтилэр, наҕараадалары туттардылар. “Амма улууһа (оройуона)“ МО махтал суругунан Үһүс көлүөнэ оскуолатын волонтердара Любовь Цилицкая уонна “Солобуода“ бальнай үҥкүү ансаамбылын салайааччыта Прасковья Федорова наҕараадаланнылар. Амма улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин Бочуотунай грамотатын Владимир Никитин, Галина Антипина, Татьяна Аргунова уонна Людмила Куприянова туттулар. Маны тэҥэ үлэ бэтэрээннэрэ Леонид Воробей, Александра Дьяконова уонна Матрена Карманова эҕэрдэ суруктарынан бэлиэтэннилэр. Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтин махтал суругун сцена бэтэрээннэрэ Николай Кириллин, Александра Андреева, Мирослава Федорова уонна Татьяна Федорова үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттулар.
Эҕэрдэ кэнсиэргэ Саха сирин биллэр ырыаһыта Александр Ушницкай, Амма маанылаах куолаһа Анна Матвеева, “Дьүөгэлиилэр“ ырыа, “Иэйэхситтэр“ фольклор, Соморсунтан “Элэһин эбэлэрэ“ ансаабыллар уонна Үһүс көлүөнэ оскуолатын үҥкүү коллектива “Хатыҥнар“ үҥкүүлэринэн уонна “Балыктаах киэһэтэ“ ырыанан флешмоп оҥорон бар дьону сэргэхситтилэр. Маны таһынан биирдиилээн ырыаһыттар Мотрена Барашкова, Николай Алексеев, Роман Жирков уонна да атыттар СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Неустроев - Баян Бааска баяҥҥа доҕуһуолунан ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээтилэр.
Кэрэ кылыһахтаах, чуор куоластаах Соморсунтан Антонина Степанова уонна Амматтан Надежда Слепцова оһуокай үҥкүүтүн оройуттан туттулар, бар дьону түмэ тардан улахан түһүлгэни олохтоотулар. Түмүккэ Болугуртан уһун тыыннаах оһуокайдьыт Дария Томская кыайыылаах таҕыста. Бэйэ тигиитигэр саха таҥаһын көрүүгэ Амматтан Роман Жирков үһүс, Соморсунтан Наталья Христофорова иккис уонна Зоя Павлова бастакы миэстэ буоллулар.
Маны таһынан саха төрүт оонньуулара хабылык, хаамыска, мохсуо, ытыы күрэхтэрэ оройуттан тутулунна.
Хабылык, хаамыска
Дьахталлар
1м. Иванова Мария
2м. Пахомова Валерия
3м. Александрова Анна
Эр дьон
1м. Христофоров Павел
2м. Матвеев Алексей
3м. Дьяконов Николай
Мохсуо
Дьахтар
1м. Эверстова Надежда
2м. Александрова Анна
3м. Наумова Акулина
Эр дьон
1м. Алексеев Павел
2м. Иванов Егор
3м. Петров Руслан
Ытыы
Дьахтар
1м. Александрова Анна
2м. Кузьмина Евдокия
3м. Эверстова Надежда
Эр дьон
1м. Кириллин Николай
2м. Иванов Егор
Вера Иванова