Сандал саас, күөх Маай, Үлэ бырааһынньыга🎈🎈🎈
Биһиги Аммабытыгар Күөх Маайы уруйдуур, үлэ дьонун айхаллыыр сандал саас сырдык бырааһынньыга күлүм-чаҕыл күннээх, үөрүү-көтүү көтөллөөх, ырыа-тойук аргыстаах саҕаланна. Оскуола оҕолоруттан уонна Амма үлэһит дьонуттан турар холуонна Арассыыйа былааҕын көрдөрөн, араас лозуннары тутан Амма киин уулуссатын устун Албан аат болуоссатыгар сэлэлии хааман киирдилэр.
Бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ биһиги улууспут албан ааттаах Үлэ Геройдарын ахтар, саныыр ытык күммүт. Өр сыл Сэбиэт салайааччытынан таһаарыылаахтык үлэлээбит Анна Михайловна Васильева, бастыҥ ыанньыксыт Петр Ионович Яковлев, чулуу сылгыһыт Тимофей Спиридонович Лукин уонна академик Леонид Васильевич Киренскэй ааттарынан киэн туттабыт, холобур оҥостобут.
Үөрүүлээх миитиҥҥэ Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев, улууспут баһылыга Николай Архипов, оройуон Сэбиэтин депутаттарын бэрэссэдээтэлэ Софья Александрова эҕэрдэлээтилэр. Үрдүк сценаттан үлэ дьоно чиэстэннилэр, “Саха сирин профсоюзтарын 100 сыла“ бэлиэнэн Марианна Ефимова, Александра Киренская уонна Татьяна Куприянова наҕараадаланнылар.
Дьоро күн бырааһынньыктааҕы эҕэрдэ кэнсиэринэн уонна “Амма олоҕо“ бирииһигэр нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы эстафетанан түмүктэннэ.
Вера Иванова
#амма #республикасаха #2022 #yakutia #амга #нвксаха #1мая #сахасирэ