«Чолбон» сурунаал 2023 сылын түмүктүүр дьоро түһүлгэтэ
Саха тылын, суругун-бичигин күнүн көрсө саха литературатын арахсыспат аргыһа «Чолбон» сурунаал 2023 сылын түмүктүүр дьоро түһүлгэтэ.
- Алампа Софронов аатынан «Бастакы эрэдээктэр аатынан», документалист-суруйааччы Дмитрий Николаевич Гаврильев аатынан сурунаал кыраайы үөрэтиигэ бириэмийэлэрин туттарыы;
- П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, ХИФУ доцена, саха уус-уран литературатын кириитикэтин историятын чинчийээччи, уус-уран литература кириитигэ Василий Никитич Протодьяконов кэриэһигэр уус-уран литература кириитикэтигэр сабыылаах үһүс күрэс кыайыылаахтарын наҕараадалааһын;
- 2023 сылга «Чолбон» сурунаалы кытта таһаарыылаах үлэ иһин «Чолбон махталын» бииргэ үлэлэһэр дьоммутугар биллэрии.