СИЭРДЭЭХТИК ХАРЫСТААН ТУТУОҔУҤ

Поэтический перевод Василия Полятинского с языка народа Саха стихотворения Надежды Николаевой «СИЭРДЭЭХТИК ХАРЫСТААН ТУТУОҔУҤ». СИЭРДЭЭХТИК ХАРЫСТААН ТУТУОҔУҤ Ханнык да тылынан ураннык этиллиэх Ылбаҕай ырыаҕа ыпсаран ылланыах, Долгуна охсуллар дуорайар тойуктаах Күн көмүс сөтүөлүүр күөх Сиинэ үрэхтээх. Халлааҥҥа харбаһар таас хайа чыпчааллаах Үйэни уҥуордуур иэйии кут ситимэ, Өбүгэ олоҕун оһуордаах суруга Кэпсииллэр ааспыт кэм аартыгын саната. Торҕоҕо сууланар чээлэй күөх тыалара Сирдээҕи эгэлгэ өҥүнэн симэнэр, Сардаана сибэкки сандаара кыыһара Сайыҥҥы Сиинэбит силигин ситэрэр. Күһүнүн амтаннаах айылҕа баайынан Күндүлүүр бар дьонун минньигэс аһынан, Отонун, балыгын бэлэхтээн маанылыыр Алааһын ,сыһыытын арчылыыр,харыстыыр. Кыһынын кырыымпа тыаһыгар маарыннаан Хайыһар айанныыр, сырылыы халыйан Оҕолор, ыччаттар астына сынньанан Алтыһан ааһаллар айылҕа күүһүнүүн. Бу маннык сирэм күөх айылҕам маанытын Чочуйан таһаарбыт чоруун таас хайатын, Сиэрдээхтик тутуоҕуҥ, бар дьонум харыстаан Сахалыы алгыһы анааммыт арчылаан! Надежда Николаева Лөкөчөөн - Бэрдьигэстээх (с. Лекечён, Вилюйский улус - с. Бердигестях, Горный улус, Республика Саха (Якутия)) ОТНОСИТЕСЬ К НЕЙ БЕРЕЖНО На любом языке нам изящно сказать, воспевая любовь музыкальным мотивом, расплескавшись волной перезвон отражать, что купается солнышко в реченьке Синей. В небеса устремившись вершиной скала, раскрывает все чувства веков образами, где орнаментом тайным живут голоса, стародавнего времени предков делами. И закутавшись в шёлк изумрудный, тайга, разноцветными красками пишет поляны, лучезарно алеют “Сарданок“ луга, благоденствует “Синяя“ с летом в свиданьи. Белоснежная скрипка якутской зимы и охотничьи лыжи несутся по снегу, поколение юное, счастьем прими, сотворения дивной природою негу. Вот такая природа земная живёт, наточила искусно вершины крутые, относитесь к ней бережно, ласка спасёт, заклинанием, действенным, сны вековые. Василий Полятинский 10:59 – 12:43/18:45 – 19:41 © Свидетельство о публикации №123103104757 «Сарданок» - «Сардаана» - название цветка на языке народа Саха - единственная тропическая лилия, растущая на вечной мерзлоте. «Синяя» - река в Якутии, левый приток Лены. Длина 597 км, площадь бассейна 30 900 км². Берёт начало и течёт по Приленскому плато по территории трёх районов республики — Верхневилюйского, Горного и Хангаласского. Принимает 48 притоков длиной более 10 км. Первоначальное название речки — Сююнэ, что переводится как «величественная», другая версия от эвенкийского слова «сии» – тайга, чаща, густой лес. Название отмечено со времён сборщиков ясака. «Сиэрдээхтик харыстаан тутуоҕуҥ!» Все авторские права на публикуемые материалы принадлежат их законным владельцам и взяты из открытых источников сети интернет. All copyright in the published materials belongs to their legal owners and is taken from open sources on the Internet.
Back to Top