Билсиҥ, саҥа аат: Сардаана Корякина-САРДААНА🌹🌹🌹
Литература эйгэтигэр өссө биир саҥа аат сардаана сибэкки кэриэтэ тэтэрэн, сырдык сулус курдук сандааран таҕыста. Бэрт түргэнник, соһуччу. Элбэҕи эрэннэрэр эдэр кэскиллээх суруйааччы Сардаана Корякина - Сардаана туһунан кинигэҕэ маннык суруллубут:
Сардаана Александровна Корякина 1997 сыллаахха Чурапчы улууһун гимназиятын бүтэрбитэ. Буҕаалтыр идэлээх. 2016 сылтан Семен Ченянов “Arctic voice” устуудьуйатыгар ырыаҕа дьарыктанар. 2020 сылтан хоһооннору, кэпсээннэри суруйарга холонор. Хас да хоһооно ырыа буолан кынаттаммыта, “Тэтим”, “Сахалыы Виктория” араадьыйаларга сүрэхтэммитэ. 2021 сылтан “Айар аартыкпыт аргыстара” өрөспүүбүлүкэтээҕи холонооччу эдэр суруйааччылар бөлөхтөрүгэр киирбитэ. Тэттик кэпсээннэрэ хаһыаттарга, сурунаалларга бэчээттэнэллэр. Эдэр суруйааччылар XXIII сүбэ мунньахтарын кыттыылааҕа.
Олоххо ураты көрүүлээх, сонун санаалардаах суруйааччыны кытта истиҥ, иһирэх көрсүһүүгэ Лидия Спиридонова, Дмитрий Феофанов, Наталия Рязанская, Октябрина Антонова, Марина Марина анаан-минээн кэлэннэр эҕэрдэлэрин тиэртилэр, кинигэ тула санааларын эттилэр. Оттон Сардаана суруйар-бичийэр, айар-тутар дьоҕурдааҕын таһынан өссө тойуктуур, хомустуур, ыллыыр талаанынан барыбытын сөхтөрдө. Үрдүк Айыылартан түһэр хомус алыптаах дорҕооно, дьүрүскэн дьүрүһүйэр кэрэтэ барыбыт сүрэҕин абылаата, ураты турукка киллэрдэ. Онуоха эбии киһи иһиттэр истэ олоруох курдук тойук туойан, ылбаҕай ырыа ыллаан бу дьоро киэһэтин киэргэтэн, ситэрэн-хоторон биэрдэ. Барыта орун-оннугар, утум-ситим салҕанан, бу чахчы даҕаны айылҕаттан айдарыылаах, чараас эйгэлээх эдэр киһи буоларын итэҕэттэ.
Эдэр ааптар бастакы кинигэтэ 2022 сыллаахха Саҥа дьыл эрэ иннинэ 3000 тираһынан тахсаат, баара-суоҕа үс ый иһигэр дьон-сэргэ биһирэбилин ылан, атыыга хамаҕатык баран, күн бүгүн маҕаһыыннарга 200 эрэ кинигэ хаалбыт.
Бу дьоро күн кыттыылаахтара Сардаана Корякина тылын-өһүн, ырыатын-тойугун истэн, хаартыскаҕа түһэн, автограф ылан астынан, дуоһуйан тарҕастылар.
Түмүккэ “Айар“ кинигэ кыһатын сүрүннүүр эрэдээктэрэ Евдокия Иринцеева-Огдо маннык истиҥ көрсүһүүнү тэрийсибит, кинилэр эрэдээксийэлэрин арыаллаабыт айар куттаах Алексей Гаврильевич Эверстовка махталын биллэрдэ.
Биэриигэ Сардаана “Этитии“ хоһоонун уонна “Күтүөккэ хомолто“ сэһэниттэн быһа тардан СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Александр Гоголев ааҕарын туһанныбыт.
Вера Иванова.
#yakutia #амга #амма #нвксаха #сахасирэ #якутия #сардаана #корякина #писатели #проза #суруйааччы #проза #күтүөккэхомолто