АММА УЛУУҺУН КИИН БАЛЫЫҺАТЫГАР ФЛЮМАММ ДИЭН САҤА МАССЫЫНА КЭЛЛЭ
Амма улууһун киин балыыһатыгар көһө сылдьан дьону көрөр ФлюМамм диэн саҥа массыына кэллэ. Саҥа техника аныгы кэм ирдэбилигэр эппиэттиир флюрография уонна маммография медицинскэй аппараттарынан хаҥатыллыбыт. Онон мантан антах тыа сирин олохтоохторо медицинскэй кэтээн көрүүнү улуус киинигэр киирбэккэ миэстэтигэр ааһар кыахтаныахтара