#ПИШУТ
#ПИШУТ
Модут нэһилиэгэр бэҕэһээ күн иккис аҥарыгар уот, сибээс кэлбитэ. Маҕаһыын үлэлээбитэ, 19 л уу баара.
Номнуо бэҕэһээ нэһилиэк иһинээҕи суоллары оҥорон саҕалаабыттара.
Бэҕэһээ киэһэ элбэх гуманитарнай көмө кэлбитэ: килиэп, рис, гречка, иһэр уу, бэчиэнньэ о.д.а. Модуттан төрүттээх дьоммутугар-сэргэбитигэр, оҕолорбутугар көмөҕүт иһин махтанабыт. Аҕам саастаах дьоҥҥо дьиэнэн кэрийэн ас-үөл түҥэппиттэрэ.
Билигин уубут кыралаан түһэр.
Ыам ыйын 20 күнэ, сарсыарда 8 ч. 45 мүн.
@gazetaensieli
Source: Газета “Энсиэли“. Намский улус