ээ Бл улууугар ойуур бааардара от ыйын 14 кнн туругунан:

Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаардара от ыйын 14 күнүн туругунан: Быракаан нэһилиэгин территориятыгар 3950 га иэннээх ойуур баһаарын утары 59 киһи олохтоох нэһилиэнньэттэн, 25 киһи Дьокуускай куорат баһаарынай сулууспаларыттан, 12 киһи олохтоох баһаарынай сулууспалартан, 4 киһи “Авиалесохрана“ тэрилтэттэн, 3 киһи ГАУ “Якутлесресурс“ тэрилтэттэн уоту утары охсуһуу үлэтин ыыталлар. Ону тэҥэ ойуур баһаарын тохтотооһуҥҥа 2 ДТ-75 трактор, 1 УРАЛ трал, 3 МТЗ трактор, 4 баһаарынай массыына, 5 УАЗ массыына, 3 уу таһар УАЗ массыына, 3 водовоз үлэлииллэр. Бэҕэһээ, от ыйын 13 күнүгэр, түүн 23:00 чааска ыксаллаах быһыыны сэрэтии уонна баһаартан харысхаллаах буолуу хамыыһыйа (КЧС) Быракаан нэһилиэгэр тахсан мунньахтаабыппыт. Мунньах түмүгэр Өргүөт уонна Быракаан нэһилиэктэригэр ЧС режима биллэрилиннэ. КЧС сорудаҕынан Өргүөт уонна Быракаан нэһилиэктэрин баһылыктарыгар хат дьахталлары, маломобильнайдары, тыынар уорганнара хроническай ыарыылаахтары, оҕолору уонна кырдьаҕас дьону куттала суох сиргэ... Source: Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Back to Top